Пахомов Петр Степанович:
«Мин мастерской заведующайа буолабын, тэрилтэбит аата "Художественная мастерская по созданию и реставрации национальных музыкальных инструментов имени Василия и Марии Мохначевских". Быйыл биһиги 2️6️ сылбытын үлэлии олоробут.
Мин Манчаары Фондугар үлэһиттэрим бары улууспут сайдыытын туһугар диэн харчы биэрэллэриттэн, патриотическай санааттан 12 тыһыынча солкуобай харчы укпутум."
Контоев Степан Степанович:
"«Манчаары Оонньуулара» улахан күрэхтэһии, ити ыыппыт харчыбытын Бэрдьигэстээҕи киэргэтиигэ, тупсарыыга ыытабыт."
Вензель Алексей Петрович:
"2018 сылга, манна Горнайга улуус киинигэр тыыннаах доҕуһуолунан "Дьоллоох буолун, бар дьонум " диэн авторскай концерт оҥорбутум, онно киирбит билетым харчытын 5 тыһыынчаны Манчаары фондатыгар патриотическай санааттан, дойдум, дьонум, улууһум инникитин сайдарыгар бу буолаары турар Манчаары оонньуутугар бэйэм уонна дьиэ кэргэним аатыттан харчы укпутум."
Барыларыгар улахан махталбытын тиэрдэбит🙌
Comments